Былыр сахаларга ыалга кэлэн бииргэ аһаан-таҥнан,хамнаһа суох олорон үлэлиир сулумах дьахтары,эбэтэр эр киһини ол ыал кэргэнэ дииллэрэ үһү.
Онтон билигин дьахтар буоллун,эр киһи буоллун "кэгэним"диир буоллулар.Өссө "ойох", "эр"диэн тыллартан өһүргэниэх курдуктар.
Урут мин Кытаанахпар сэбиэттии сылдьан уоллаах-кыыс урууларыгар нууччалыыта "Свительство браке",сахалыы "Эр-ойох буолуу туһунан туоһу сурук"диэн саахса докумуонун туттартыыр этим.Онно;-Ыал буолуу кэнниттэн араспаанньа иҥэрилиннэ ойоҕор...,эригэр...диэн суруллубут буолара.Онуоха "ойоҕор" диэтэхпинэ кийиит кыыс кыбыстан умса көрөөччү.
Онно киһи кыбыстара туох баарый? Уу сахалыы "эрим","ойоҕум" диир тоҕо табыллыбатый? Бу тыллары туттуу букатын сэдэхсийэн иһэр.Оннооҕор сорох эдэр дьон "ойоҕум" диир оннугар "эмээхсиним" диэн саҥараллара баар суол.Биирдэ саҥа ыал буолбут оҕолоох уолтан тугу эрэ көрдөспүппэр "эмээхсиним" билэр диэн соһуппута.Онуоха мин:-Бачча эдэр киһи хайдах эмээхсини ойох ылбыккыный уонна ол эмээхсин хайдах төрөөтө- диэн мух-мах ыыппытым.Эбэтэр элбэх эр дьонтон:-Кэргэннээххин дуо?-ыйыттахпына "баар"диэччилэр Онуоха:.-Кырдьаҕас киһини тоҕо көрдөрөн туран албынныыгын? Кэргэнин суох ини,эбэтэр баар дуу?-диэн дьээбэлээччибин.Ону мөккүһэллэр,өссө оҕолоохпун эҥин дииллэр.Оннук мөккүспүтэ буолан баран:-Саахсан кумааҕытын аахпытын дуо?Онно туох диэн суруллубутуй? -диэн баран быһааран биэрдэххэ син өйдөөччүлэр.Онон умнуллан эрэр "эр-ойох"диэн төрүт сахабыт тылларын хайдах туттарга үөрэнэбит?
Онуоха бэчээт,араадьыйа,тэлэбиидьэнньэ улахан оруоллаах буолурхтарын сөп.Холобур "Саха"НКИХ урукку ыытааччыта М.Сергеев "ойоҕо" диэн тылы элбэхтик туттааччы.Соторутааҕыта мас тардыһыытыгар 4 хамаанда киирсиилэрин быһа эпииригэр ыытааччы Дь.Захаров:-Ити Яна...диэн биллиилээх тириэнэр Давыдов ойоҕо-диэн икки киэһэ биллэрбитин сонургуу истибитим.Итинник суруйар-бичийэр,саҥарар-кэпсиир дьон,салалта даҕаны "ойох-эр" диэн тыллары куруук тутталлара буоллар кулҕаах үөрэнэн, син туттуллар буолан барыа этилэр.
*Түмүк*
*Күндү Сахам дьоно!*
Сахабыт омугун "ийэ","аҕа","ойох","эр" диэн умнулла быһыытыйбыт төрүт тылларын толору туттарга үөрэниэҕин!
Хатылаан эттэххэ оҕолорбут барахсаттар,эдэр,оннооҕор сааһырбыт дьон күн сирин көрдөрбүт тапталлаах төрөппүттэрин ынах курдук "маа",сирбит курдук "паа"диэн ыҥыраллара сүрүккэтэ бэрт буолбатах дуо? Эбэтэр "эр-ойох" диэнтэн кыбыстан дьахтары, эр киһини да биирдик "кэргэним" дии сылдьар төһө сөбүй?