Уйбаан Пономарев.Чурапчы.
"Кыым" хаһ.
Ийэтэ- ДОРОПУУН,ньирэйэ- МАРТА,эбэтэр "тулаайах" саха оҕолоро.
Ханнык да омук оҕолоро бастаан тылланалларыгар төрөппүттэрин ыҥырыыттан саҥаран бараллара баар чахчы.Онтон биһиги сахаларга,хомойуох иһин,кыра оҕолорбут үксүлэрэ ийэлэрин-маама,аҕаларын-папа диэн нууччалыы тылламмытынан бараллар.Өссө улаатан иһэн,ыксаатахтарына,ийэлэрин ынах курдук "маа",аҕаларын сиргэммит курдук "паа"диэн
кылгатан ыҥыраллар.
Онно холобурдаталыым.
Өрдөөҕүтэ ыалым эдэр дьахтар 3-4 саастаах кыыс оҕотун дьыссааттан илдьэ иһэрин көрсөн кыысчаантан ыйыттым:-Мааман аата ким диэний?
-Евдокия Николаевна- диэн тута"чап" гыннарда.
Онтон ийэн аата ким диэний?
Кыысчаан уһун кыламаннардаах киэн, хара харахтарын чыпчыннатта,онтон балачча саараҥнаан баран:-Ньирэйим аата Марта-диэн саайда.Арааһа,ийэ диэн тылы ньирэй диэҥҥэ бутуйда быһылаах.
Аны,эмиэ өрдөөҕүтэ,Клара уонна Трофим (Доропуун) диэн диэн ырааҕынан аймахтарбыт кыра кыыстарын көрсөн мааматын аатын ыйыппыппар "Клара Петровна" диэн чобуотук хоруйдаата.Онтон:- Ийэн аата ким диэний?-диэбиппэр бэккэ мунааран баран, "Доропуун"диэхтээтэ.Арааһа, паапам аатын ыйыттаҕа диэтэҕэ.
Биирдэ ырыынакка атыылыы турар билэр дьахтарбын кытта кэпсэттим.Аттыгар икки оскуола ин иннинээҕи саастаах уолаттара бааллара.-Уолаттаар, ийэҕит ханна баарый?-диэн туоһуластым.Онуоха уолаттар:-Ийэбит суох!-диэн хуорунан түһэрдилэр.
Ол иһин дьахтарга:-Бу ийэтэ суох оҕолор аҕалара да суоҕа буолуо.Оччотугар бу "тулаайах"оҕолору хантан булан иитэ сылдьаҕытый диэн дьээбэлээтим.Онуоха ийэлэрэ сонньуйан күлэн эрэ кэбиспитэ.
Чэ,итинник, төһөлөөх элбэх "тулаайах" саха оҕолоро бааллара буолуой? Өссө ити кыра оҕолор "папа-мама"дииллэрэ соччо олуоната суох иһиллэр.Оннооҕор сороҕор кырдьаҕас дьон итинник саҥараллар.Биирдэ тэлэбиисэргэ Саха тыйаатырын кырдьаҕас, биллиилээх артыыһа эмээхсин үчүгэй баҕайытык олоҕун,үлэтин туһунан кэпсии олорон "маамам маннык эппитэ,маамам оннук диэбитэ диэн үрүт үөһэ "маамалыы"олороро сүөргүтүк иһиллэрэ.
Биирдэ дойдубар Кытаанахха улахан уҥуохтаах,бытыктаах, сааһырбыт атаһым тугу эрэ ыйыппыппар:-Ээ,маамам билэр-диэн көөҕүнээбитин төрүт умнубаппын.Чэ,ити курдук саастаах да дьоммут кырдьаҕастарын нууччалыы ыҥыраллара сэдэҕэ суох.
*Күндү төрөппүттэр*!Оҕолоргут барахсаттары маҥнай төрүөхтэриттэн уу сахалыы "ийээ","аҕаа"диэн ыҥырарга үөрэтин."ИЙЭЭ" диэн тыл хайдах курдук истиҥник,иһирэхтик,онтон АҔАА диэн хайдах эрэ лоп бааччытык, ытыктабыллаахтык иһиллэрий!
Онтон нууччалыы ыҥыра үөрэммит оҕолору хайдах түргэнник сахалыы ыҥырарга үөрэтиэххэ сөбүй! Онно икки холобуру аҕалыым.Бастакыта бэйэбиттэн.
Ойоҕум барахсан олохтон барыаҕыттан улуус киинигэр киирэн улахан уолбар олорбутум ыраатта.Онуоха сиэттэрим эмиэ "маа!",да "паа" буола сылдьаллара.Ол иһин бастаан "ийээ"."аҕаа" суолталарын быһаардым.Эбиитин "маа" диэн ынах маҕырыырын,сирдэххэ "па-па" дэниллэрин өйдөттүм.Обургу икки сиэттэрим соторунан үөрэннилэр.Онтон кыра сиэним Дайаана буккуйан саҥарар.Арай биирдэ кини ийэтэ куукунаҕа ас астыы турдаҕына ыксаабыт аҕай,сүүрэн киирэн улахан баҕайытык "маа"диэн ийэтин ыҥырда.Онуоха кийиитим,тохтуу түһэн баран:-Тоҕо "маа" диигин.Мин ынахпын дуо?-диэн кыыһырбыт куолаһынан эттэ.Сиэним барахсан соһуйда,сирэйэ кытаран хаалла уонна "ийээ"бырастыы гын диэтэ.Бүттэ.Онтон ыла хаһан да "маамалаабат"буолбута.
Иккис холобур.Биирдэ эстрада ырыаһыта Эрхаан оҕолоро нууччалыы ыҥырдахтарына төрүт истибэтэҕэ буолан хоруйдаабаппыт диэбитэ.Онтон сахалыы эттэхтэринэ тута "ээх" диэн ,хайҕаабытынан барабыт.Онон сотору буолаат "ийээ","аҕаа "диир буолбуттара диир кэпсээнин истибитим.Итинник нууччалыы ыҥырдахтарына хоруйдаабат буоллахха сотору кэминэн үөрэниэхтэрин сөп бөҕө эбит
*.Кэргэнигэр оҕо оҥорбут.Ойоҕо кыһамматах.*
Аҕыйах сыллааҕыта итинник ааттаах ыстатыйаны бу хаһыакка таһааттарбытым.Ону биир киһи сөпкө суруйбут диэбит этэ.